Дорогие якутяне!

От имени руководства
Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю Вас с
наступающим 2023 годом!
Приближается самый любимый праздник, который несет радость новых добрых
начинаний. В это время мы традиционно подводим итоги. Уходящий в историю
2022 год запомнится нам прежде
всего всеобщей сплоченностью во имя будущего страны, ее свободы и
независимости.
Якутяне, как и весь многонациональный народ России, встали на защиту
Отечества, исполняют воинский долг, проявляют высочайшую силу духа и
мужество. Вся республика поддерживает
наших участников СВО, мобилизованных и добровольцев, их семьи. Якутяне по
зову
сердца вносят свой вклад в общее дело победы. И мы уверены, что преодолеем
все
испытания с честью, станем только крепче и сильнее.
Прошедший год был
примечателен для нас и как год 100-летия со дня образования Якутской АССР.
Несмотря на трудности, он стал для нас годом позитивных свершений и
претворения
в жизнь созидательных планов.
Нами достигнуты самые
высокие темпы экономического роста в федеральном округе. Так, в 2022 году
рост
валового регионального продукта оценивается на уровне 8%. Четвертый год
подряд
обновляются исторические максимумы добычи угля, нефти, газа и золота.
Примечательно, что Год 100-летия нашей многонациональной республики – 2022 –
был Годом Матери. Крепкая
большая семья и любовь к детям и в дальнейшем будет в нашей республике одним
из
основных приоритетов. Не удивительно, что Якутия – лидер на Дальнем Востоке
по
рождаемости и продолжительности жизни населения.
Уверен, грядущий Новый 2023 год принесет нам добрые перемены, станет
плодотворным и успешным, откроет
всем жителям северной земли новые возможности! В Год педагога и наставника в
России и в Год труда в Якутии мы, объединив наши усилия и энергию, знания и
умения, мудрость и напор разных поколений, будем учиться, работать и творить
во
имя процветания родной Якутии и великой России, воспитывая нашу молодежь
патриотами и творцами!
Новый 2023 год мы
отмечаем вместе с жителями новых регионов России – Донецкой и Луганской
народных республик, Запорожской и Херсонской областей. Мира и благополучия
всей
нашей сильной, доброй стране!
Дорогие друзья! Желаю вам крепкого здоровья и благополучия, исполнения самых
заветных желаний и удачи
во всем, счастья и радости! Берегите себя и своих близких! Пусть волшебная
атмосфера чудесного праздника наполняет нашу жизнь прекрасными мгновениями!
Счастливого Нового года и Рождества! Саҥа сылынан, саҥа дьолунан, Саха сирин
ытык-мааны дьоно – сэргэтэ!

Глава Республики Саха (Якутия)

А.С. Николаев

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен
Николаев Саҥа 2023 сылынан эҕэрдэлиир

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин
салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини кэлэн иһэр 2023 сылынан ис
сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Саҥа үтүө
саҕалааһыннары түстүүр күүтүүлээх күммүт чугаһаата. Бу кэмҥэ үгэс быһыытынан
түмүк оҥоһуллар. Биһиги, бастатан туран, ааһан эрэр 2022 сылга дойдубут
кэскиллээх, көҥүл уонна тутулуга суох буоларын туһугар бары бүттүүн биир
сомоҕо
буолбуппутун өйдүү-саныы сылдьыахпыт.
Саха сирин
олохтоохторо, элбэх омуктаах Арассыыйа бар дьонун кытта бииргэ, Аҕа дойдубут
көмүскэлигэр турунан, буойун ытык иэһин толороллор, булгуруйбат санааларын,
хорсуннарын көрдөрөллөр. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, хомуурга
уонна
баҕа өттүнэн барбыттары, кинилэр дьиэ кэргэттэрин бүтүн өрөспүүбүлүкэ өйүүр.
Саха сирин олохтоохторо ис сүрэхпититтэн кыайыыга бэйэбит кылааппытын
киллэрэргэ дьулуһабыт. Бары тургутуулары чиэстээхтик туораан, эбии күүһүрэн,
кыаҕыран иһиэхпит диэн эрэнэбит.
Ааспыт сылга Саха АССР
төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтээтибит. Төһө да уустуктар баалларын үрдүнэн,
үөрүүнү үксэтэр үтүө дьыалалар, айымньылаах былааннар олоххо киирдилэр.
Федеральнай уокурукка
экэниэмикэ үүнүүтүн муҥутуур үрдүк көрдөрүүлэрин ситистибит. Ол курдук, 2022
сылга эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта 8% үрдээтэ. Чоҕу, ньиэби, гааһы
уонна
кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа төрдүс төгүлүн бастыҥ көрдөрүүлэри тупсардыбыт.
Элбэх омуктаах
өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сылын туолар кэрэ бэлиэ сыла Ийэ сылынан
биллэриллибитэ кэрэхсэбиллээх. Бигэ тирэхтээх улахан дьиэ кэргэн уонна оҕоҕо
таптал инникитин даҕаны биһиги тутаах сорукпутунан буолуоҕа. Ааспыт сылга
Саха
сирэ оҕо төрөөһүнүнэн уонна нэһилиэнньэ олоҕун уһунунан Уһук Илиҥҥэ эмиэ
бастыҥ
көрдөрүүлэннэ.
Үүнэн иһэр 2023 сыл
биһиэхэ үтүө уларыйыылары, улахан ситиһиилэри тосхойуо, таһаарыылаах буолуо,
хоту сир олохтоохторугар саҥа кыахтары үөскэтиэ диэн эрэнэбин! Арассыыйаҕа
Педагог
уонна настаабынньык сылыгар, Саха сиригэр Үлэ сылыгар күүспүтүн, эрчиммитин
эбэн, билиибитин, үөрүйэхтэрбитин түмэн, араас көлүөнэлэр дьулуурдарын уонна
мындыр өйдөрүн холбоон, ыччаппытын айымньылаахтык үлэлииргэ, Ийэ дойдуну
таптыырга уһуйуохпут, төрөөбүт Сахабыт сирин уонна Улуу Арассыыйа туһугар
үөрэниэхпит, үлэлиэхпит, айыахпыт-тутуохпут!
2023 сылы биһиги
Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэрин – Донецкай уонна Луганскай норуодунай
өрөспүүбүлүкэлэри, Запорожье уонна Херсон уобаластарын кытта бииргэ
бэлиэтиэхпит.
Модун кыахтаах, үтүө тыыннаах-айылгылаах дойдубутугар эйэ уонна өйдөһүү баар
буоллун!
Күндү доҕоттор! Эһиэхэ
чэгиэн-чэбдик туругу, уйгулаах олоҕу, ыра санааҕыт туолуутун, табыллыыны,
дьолу-соргуну, үөрүүнү-көтүүнү баҕарабын! Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун
харыстааҥ! Бу алыптаах бырааһынньык аптаах эйгэтэ биһиэхэ барыбытыгар
умнуллубат кэрэ түгэннэри бэлэхтээн аастын! Дьоллоох Саҥа дьылы уонна
Ороһуоспаны! Саҥа сылынан, саҥа дьолунан, Саха сирин ытык-мааны
дьоно-сэргэтэ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
Айсен Николаев

Глава Якутии Айсен Николаев поздравил якутян-участников специальной военной операции с наступающим 2023 годом.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *